Үүнэр оһорсун суорҕанынан бүрүллэн,
Өтөхтөр өһөн-оһон сыталлар,
Ол эрээрм өһүллүө сымара таас тыла -
Уонна умнуута хаалбыт бырыта тахсыа -
Үлтү кырбаһыы, улуу кыайыылар...
Кэм-кэрдии өлөн сүппэт-уостубат:
Күөмэйин хам тутан ылбаккын -
Үрдүн буорун элитэн ыспаккын -
Арыллан тэнийиэ кистэлэҥ.
Сууллан түһүө сүүнэ тутуу, өһөн хаалыа,
Хаалбыт үйэлэр саҕахтара сабыллыа,
Хоһуллубут хоһооннортон сүүрээн сүүрүө,
Сүүс төгул сүүрбүт-көппүт туһунан кэпсиэ.
Бэлэмнэн, дэгэрэҥ ырыаҕын ыллыыргар,
Талалыыр хараххынан көрөргөр.
Таптал сүппэт үйэлэр көҕүстэригэр,
Бэл диэтэр: хойут кэлэр кэмнэргэ.
Батас сүллэр кэмигэр тимир хайыттан,
Кирис тыыллан быстаары буруолаан,
Үҥүү төбөтүн өлүүтэ үөхсэ үөгүлээн,
Өстөөґүн сымнарар, көмөргө сапсыйан,
Өстөөҕө тыыннаах хаалар көрдөһөн.
Өлбүттэр тыыннаах хаалары сэнээн,
Сүрэххэ үтүөнү хааллартар,
Ньэгэй ииппит албынын арыйтар,
Килбиэннээх ааттарын комүскээн.
Соноҕос тэһиини ытырыа табыллыаҥ,
Өргөс тутаах маһыттан сөпкө тутуһуоҥ,
Өстөөх хантан ытарын билэн быыһаныаҥ,
Хараҥа муннуктан өстөөх ытыа - өлүөҥ.
Ньэгэй суута хайдах барда? Быыска. Саатта.
Оттон түүлгэр... абааһы кэлбэт дуо?
Дьиэк диэн дьиэк буоллаҕа... ол кырдьык
үөһээ халлаан үрдүгэр даҕаны.
Үйэттэн үйэҕэ, өбүгэ саҕаттан
Кут-сүрэх, түһэн биэрэр - тэпсиллэр.
Сэрии аата сэрии, өстөөх аата өстөөх,
Хаайыы хаппахтаах, көҥүл ылбыт илбистээх,
Ол иһин дьулуур дьулуһар.
Бу өйдөбүлү сыллар соппоттор,
Кырсын эрэ көбүтэн көтөх -
Күөмэй хаана оргуйар күүһүнэн
Билгийиэ былыргы билгэбит!..
Бүгүн ааспыт үйэлэр нуктуу сыталлар, -
Үтүөлээх үтүөтэ, буруйдаах буруйа,
Ааттара-суоллара күөрэйэн тиллиэҕэ,
Өскөтө доҕоро көмүскүө кэтэҕин.
Олоҥхо сонунун ааспыттан соһобут,
Кэрэ, сэмэй кэпсээни хостуубут,
Онно хаалбыт үтүөлэр хаттаан тахсаллар
Ааспыттартан бу кэмҥэ, кэлэргэ.
|