Ыраахха хаалбыт өйбүт түгэҕэр,
Ким, тугу, хаһан булбута-айбыта.
Хатыыр өйбүт дириҥэ, - холуодьас;
Күлүккүн онно сүгүн көрбөккүн,
Дьүһүн-бодо сөпкө, чуолаан көстүбэт.
Көрөн бил: кырдьык дуу, сымыйа дуу?
Арай кимҥэ да охтубат дьүүл
Билиэ буолуо! Ааспыты сэрэниҥ,
Үлтү түһүө сэрэхтээх иһит.
Тиэрэ-таары туталлар сорохтор,
Анаара сатыыллар атыттар.
Оннооҕор аны өйдөөн ылбаттар, -
Умнуллан кылаат буолан көмүллэр,
Хаттаан көтөҕөн, эргитэн ылбаттар.
Сүүһүнэн сыл сүүрүгүрэн сүүрэн,
Илдьэ барбыт суолтан бэлиэтин.
Ааспыт түгэн иһигэр түргэнник,
Умнуоҥ суолу - төннөн булбаккын.
Тохтоо, буруйдаама, - дьону сэрэн.
Хас биирдии ахсынан, - тустаах күрүөлээх.
Саһыарбаттан, - умнарга баҕарар.
Умнуллубут дьэбиннээх миинэлэр,
Быдан сыллартан быыһанан сыталлар.
Ааспыты хаһар, - хонууга миинэ.
Хата, эн, сыыһыма! Ол эрэн,
Миинэлээх хонууга сыыстарыаҥ эн.
Төннүбэт - төрдүттэн - төттөрү!
Соґотох тоҥсуур - холбуо чаһыны.
Киһи оноолун быата, - кылга тэҥнээх.
Кыл быата сыыһаттан... Дэлби тэбиэ!
Арай, дьолго, миинэ көстүө, дэҥҥэ.
Бөстүөн биллэн, өһүллүө, эстии иннэ!
Утуктуур барыта ийэ сиргэ.
Арай онно, миинэ көстүөґэ,
Ону дьоҕур тарбахтаах эллиэҕэ.
Дьоңтон ыраах баран эһиэҕэ.
|