Дохсурґаан, санаарҕаан барыма, эн, Хаартылыыр оонньууга ииримэ, Көрүөґэ хаартыгын, сэрэн, Куоһургун тамнаама эрдэлээн. Сүүрэр тарбаҕын кэтээ остуолга, Одуулаа хараҕын иччитин, Кэтээн көр: кистээн саһан туустарга Кистэлэҥ илбиһи биэрэрин. Эн харчыга хараххын хатаама. Өскөтө хотторон, хомойуоҥ - Буускун «Биикэ Дааматын» умнума, Кырамта ыарыылаах эн хаалыаҥ. Оттон төлкөҥ өйөөбөт кэмигэр, - Түмүктээ оонньуугун, тэйэн биэр. Үөхсэн: " Ууруҥ хаартыны, дьикээрдэр!" Сирэйгин кумутан туран бар.
© Иннокентий Винокуров. Translation, 2011