Хаарыаннаах мас баттыкпын ыраах эһэммин,
Хаарга охтоммун умса түспүтүм.
«Көлбөркөй көлөкө» киирдим тураммын,
Сатыы хаамары тиэрэ көрбүтүм.
Өтә көрбөтөөм - төлкөнөн оонньуурбар.
Уокка испиири ыһар сэрэхтээх.
Олус диэн баҕартым түргэн айаммар,
Олохпун мин тупсарар соруктаах.
Этэрбэс тилэҕэ суолга, ыллыкка
Ааспыт кэмэр элэйэн бүппүтэ -
Барбатаам ончу күлүүгэ-элэккэ,
Хоп-тыл хобулаан, сүгүн иҥмэтэ.
Ол иһин өҥөй бөтүүк буолан хаалтым, -
Ылбат этилэр биир үөргэ холбоон.
Туора көрүүнү айаммар көрбүтүм,
Миигин сирэллэр көлөбөр тэҥнээн.
Кэккэ дьонум бука бары кэлэйэн,
Илии биэрбэт буолбуттар хомойон.
Саһан сыппыт өс-саас бүттэ тулуйан, -
Туран кэллэ сүрдээх иирсээн хойдон.
Тиийэн хааллым нөҥүө санаа сиригэр,
Хамныыр туому кыратык кэһэммин.
Тойоттор суолга көтүтэн кэллилэр,
Биэрдилэр икки буруй көрүҥүн.
Түүҥҥү сэрии түмүгэ көстөн тахсар,
Сарсыарда: сыыһа үктээн хаптарбыт
Эбиппин. Антыанам баайыыта сөллөр:
Өстөөх ыарахан санаата хамсаабыт.
Онон-манан саһан кэлэн сиинэбэр,
Быһах курдук бүргэһи анньаллар.
Сэриигэ кэриэтэ: түбэстим симмэр
Сэбим солкуобай, - сиэбэр утарбар.
Хараҥа түүннэргэ тоһуур уурарым,
Өстөөҕү тугар баҕам күүстээҕэ...
Өйүнэн баһыйар буолан, өстөөҕүм
Тоһуурбар киирэн биэрбитэ суоҕа.
Бөөлүүн инники туорайбын ылбыттар,
Сэриигэ тылы саһан ылардыы.
«Сапчаас», - диэхтээн! Туорай бүттүү уорбуттар,
Ол - суох. Кэлин туорай көмө буолбат.
Үтүө дьүһүммэр буолбатах - бэриккэ.
Араас сапчаас буларым - баһаана,
Дьэ өйдөөтүм: күүспүн сиибин күлүккэ.
Төннүөххэ - тимир көлөм баарына!
Төннүөххэ, сатыы сылдьар төрүттэрбэр!
Сирим сиигин аҕынным, абыраа!
Төттөрү төннүөм - мөтүрүө иһигэр.
Түксү, хаҥас салай! Туормастардаа!
Өлүүттэн тиллэн саҥардан киһибин,
Тибиириэм быылы, күлэн аллайыам.
Билигин дьоммор сирдэрбэт инибин,
Тимир көлөм чөллөөҕүн биллэриэм.
|