Туохха дьулуһа сатыырбын билбэппин
Ханнык эрэ дьиибэ киһибин:
Сииллэри ситээри ааҕа сатыыбын,
Испит биибэм иһитин кирэбин.
Мин испэр икки «Мин» - тиэрэ-таарылар,
Икки аҥы буоланнар, өстөөхтөр.
Биирэ сиэр-симэх силигэр сиэллэриэ,
Атына сүүрдэр сүүлүгэр сүүрүө.
Маҥнайгым сирдьиттээн илдьэр кэмигэр
Кэмэлдьи санаам хатаммат өйбөр.
Ол эрэн, үксүгэр, иккис бэйэбэр
Дьиэгим көбөн, төлүтэ тэбэр.
Ньоҕойбун баттаан охсуһа сатыыбын,
Ыы, сорбун даа, сырбаҥнас дьылҕабын!
Бадаҕа, баттыыбын атын өттүбүн,
Онтум дьаабыта муҥнаан эрэйдиир.
Кырдьыгы көрдөөн, дууһабын тиэрэрбэр -
Түгэҕин хостоон, эрэй көрөрбөр -
Оччоҕо салҕааннар, биири биэрэллэр,
Уонна дьахталлар босхо таптыыллар.
Абааһым хат кэлэн, ырыабын былдьыыр.
Үөнүм көбөн, өнүрэр кэмнэрбэр,
Сыппаан олорон, чааскыбын ыстыырбар,
Били Сииллэрим остуолтан охтор.
...Үүттүүр өтөрү көхсүбүн суут дьиэтэ.
Өйдөөн көмүскээҥ, сууттар аһыныҥ,
Миэнэ буолбатах - түннүгү эчэтии,
Ол иккис «Мин», мин ньэгэйим киэнэ.
Дьүүлбүн чэпчэтиҥ, элбэҕи биэримэҥ,
Күүтэн көрүҥ, күлүүскэ угумаҥ,
Истээччи буолан эһиэхэ сылдьыаҕым,
Сырдык туттаммын суукка кэлиэҕим,
Бар дьон иннигэр кырдьыкпын этэбин:
Көнөр суолбун үс төгүл үрдэттиэм,
Иккиспин кытта ирдэһэн иэстэһиэм,
Бэйэм миэнэ аны «Мин» буолбатах.
Киһини да, туннугу да, аны мин,
Эттээн бүттүм - суруйан кэбиһиҥ!
Икки аҥаарбын холбуурга соруннум.
Ыалдьар дууһам сорун араардым.
Бэйэбин ньылбы устан, тимирдэн, мин
Эһэн төрдүттэн, көмөн кэбистим
«Мин» бэйэм иккиһим өстөөх миигиттэн,
Суох! Миэнэ буолбатах «Мин» иккиһим.
|