Эрэстэрээн эркинигэр онно-манна - Ойуулар: «Өлбүт буойун», «Үс эһэ»... Остуолга олорор, чуҥкуйан, хапытаан. - Син дуо? - көрдөһөн ыйытгым. - Олорууй... Табахтаа. - Бырастыы, "Казбегы" тарпаппын. - Сөп, хата ис, чугаһат иһиккин. Хаһан бэлэмнээн биэрэллэр... Ис диибин, ис! Эн тускар! - Хаалсыам суоґа, сол курдук. - Ол гынан баран, - диир хапытаан эбинэн, - Бу аһы ньылаардаан иһэҕин, эн. Бүлүмүөт, тааҥка утары бартыҥ дуо, эн? Харса суох киирсиигэ кииртиҥ дуо, эн? Ыстарсынаа этим, Куурускай анныгар, Мин кэтэхпэр дэлэлээх... Барыта буолбута, мин кэтэхпэр буолбута, Нохоо, эн тускар, уутун ханаргар... Иҥсэ иҥмит хараҕа астан арахпат. Иһэр, аҕабын ыйытар, этиһэр: «Олоҕум тобоҕун биэрбитим ньэгэйгэ Эйиэхэ, эн утаардыҥ сидьиҥҥэ. Сэриигэ барыаҥ дуо? Эйиэхэ сааны биэр?! Миэхэ бу манна бэркин иһэргэ!.." Куурускай дугааҕа олорор курдукпун, - Бу баар хапытаан - ол ыстарсынаа. Итирии дириҥиир. Сырсабын кинини. Дьэ, тиһэҕэр кэпсэтии бүтүүтэ, Үөҕэ таарыйа эттим мин: «Хапытаан эн, Саарбах эбит мойуорга тиийэриҥ!».
© Иннокентий Винокуров. Translation, 2011