- Мин Дьыга Бааба,
уонна онон бүттүм,
Үөт-түрэхпин көлүнэн кэллим,
Нууччам уһун санаатын мөхпөппүн мин:
Таптыыбын... миининэн иһэрбин.
Миинньиги миинэртэн сылайдым мин,
Бырааскам тоҕо барбыта,
Суох, тоҕо эрэ, олох олуйда
Били дьиэктээх олохпутун.
- Үтүө күн, үтүө күлүк!
Устар сирэйтэн,
Үнүрүүн үлтү түһэ сыстым:
Сатаҕай бэстиэл буола сатаарыбын,
БыыҺынан булан тахсыбатым.
Аны мин киммин - бэйэм билбэппин,
Бэйэм да түһэн биэрдэҕим!..
Суох, тоҕо эрэ улус олуйда
Биһиги дьиэктээх олохпут!
- Кырдьаҕас, ыалдьар, дьорҕоот -
Уу кыылабын,
Олоруу дьиэм бүттэ элэйэн.
Сылбах анныгар сытыйан сытабын,
Тымныйан кыыһыран кыынньабын.
Тимирбит өлүк, арай биирдэ. Саайда!
Тилэҕэ сирэйбин уматта...
Суох, отой сиэри умнубут
Биһиги дьиэктээх олохпут!
- Дьэ итинник:
Илиэһэй дьахтара,
Илиэһэй ааппын уунан сууйда,
Хороон иһиттэн таһырдьа таһаарда -
Уу кыылын кытары кыттыспыт.
Бу сиртэн устар санаа ылбыттар,
Ииҥҥэ көмөөрүм гыммыттар.
Ончу аһынар суолу умналлар.
Дьиэктээх олоґу билбэттэр.
|