Ыстыыкка кимэн киирдэ,
Саас тохтобул кэннэ,
Сарылыыр сарай анна,
Ыстыыгын ыйаата.
Сутаабыт саас айманна,
Охсуһан айдаарда, -
Сытыы тииһин ардьатта.
Таммалыыр сыраана.
Сааскы сэриилэр хоторго суоттууллар,
Хаартаҕа кимэр кырамта субуллар,
Кыһыҥҥы үрүн буойун муустаах санныгар
Халлаантан супту түстүлэр саллааттар.
Үөрэргэ өссө эрдэ:
Ньадьараал бэйэтэ
Иннин биэрбэт сэриигэ,
Тулуйар кимиигэ.
Үрүҥ былаах анныгар,
Саһан сэрии мунньунар,
Күүскэ хотуттан охсор,
Тымныынан хаарыйар.
Кимэн киирии хардары-таары солбуллар
Сырдык-хараҥа быыһыгар аппалар,
Чэпчэки куйахтаах үөһээҥи саллааттар
Иилэр эргииртэн нэһиилэ тахсаллар.
Тымныы куотуо да эбит
Суох, кини мэлдьэһэр:
Тибэр, уруу тэрийэр,
Саарбахтаах да буоллар.
Силлиэ түннүгү эттиир,
Тоҥсуйар, үргүйэр.
Кини тиийбэт сыалыгар -
Кыайыытын ыһыаҕар.
Кыстык кэтэґэр араас кэпсээн тарҕанар
Хараҥа сиртэн үөскүүллэр сурахтар,
Үөһээттэн чэпчэки куйахтаах буойуннар
Кыһыҥҥы кирбиигэ кимэн киирэллэр.
Бүттүү ирэр сылыйар -
Кыһыҥҥа ыгыллар.
Күн сылааһа кутуллар
Бэлэһин иһигэр.
Кэлиэ суоґа дьиктилээх:
Онно-манна хаардаах.
Кыстык бүтэн бэринэр,
Үрүҥ былаах эстэр.
Өссө хоту түһэн ыраах киирэр, кимэр,
Уһун уутуттан уһуктан уу устар, -
Сааскы төннүбэт-олох саҥалыы сайдар,
Оннук сыаллаах - кэлиэхтээх саас эргиллэр.
Сонун устан бырахпат,
тоҥору билбэтэх,
харах уута турбаттан
таммалаан бүппэтэх.
Умнаһыт сыана быспат,
Караны аахсымаҥ -
үөһээ үөскээн айыллар,
сааскыбыт халыйар.
Арай биири этэбин: кистии уурумаҥ
Куйаҕы, төннүө эргиллэн өстөөҕүҥ.
Кыайыыттан ситими оннуттан быһымаҥ,
дьиэктэн быыһанар суола суох хаалымаҥ.
|